ЫТЫК ТААТТА, АММА нэһилиэгин дьоһун мааны олохтоохторо, ыалдьыттара, биир дойдулаахтарбыт!
Алтынньы 21 күнүгэр «УРУЙДУУ ТУОЙУОҔУҤ ОЛОҔУ» ый бастакы аҥарын бэлиэ күннэрин кэрэһэлиир сэргэх тэрээһинигэр ыҥырабыт!!! (Аан дойдутааҕы муусука, Аҕам саастаах дьоммутугар ытыктабыл, Учуутал, Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин, ийэлэр уонна аҕалар күннэрэ)
Күнүс 3 чаастан.
«ӨБҮГЭ СИТИМЭ» сахалыы остуол оонньууларыгар хабылыкка, хаамыскаҕа, кyрэхтэр.
«МИН ДОЙДУМ» сахалыы лото оонньуута.
«УРАН ТАРБАХ» Иис -Уус быыстапка арыллыыта.
«КҮҺҮҤҤҮ КИҺИ КҮЛБҮТҮНЭН» ас-үөл дьаарбанка арыллыыта.
Киэhэ 6 чаастан.
«УРУЙДУУ ТУОЙУОҔУҤ ОЛОҔУ» култуура араас эйгэтин ситимниир сырдык түһүлгэтэ.
«АММА СИТИМЭ» — Аммабыт нэһилиэгин инники сайдыытыгар анаммыт бырайыак сyрэхтэниитэ.
Буолар сирэ: «АЙЫЛГЫ» норуот айымньытын дьиэтэ.

