«Уруйдуу туойуоҕуҥ олоҕу» Унаар Уйбаан тылларыгар, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, хормейстер, музыкальнай айымньылары суруйааччы Карл Иванович Христофоров муусукатыгар 2020 сыллаахха Соров С.С. сакааһынан суруллан Чычымах өрөгөйүн ырыата сүрэхтэммитэ. Ол кэннэ балай эрэ бириэмэ ааһан, олохтоох нэһилиэнньэ ырыаны араас таһымнаах тэрээһиннэргэ байанынан доҕуһуоллатан ыллаан, күн бүгүнүгэр дылы элбэх дьон дууһатын таарыйар, санаатын көтөҕөр ырыатынан билиннэ.
Быйыл кулун тутар ый саҥатыгар Саха аркыастырын сүрүн дирижерун РФ култууратын үтүөлээх, СӨ ускуустубатын үтүөлээх деятелин Николай Павлович Петрову кытта кэпсэтэн, Амма нэһилиэгин туһунан ырыалары оркестровкалатан, аркыастыр доҕуһуолугар ооонньотон устуохха диэн сөбүлэҥ
түһэрсиитэ буолбута. Билиҥҥи бириэмэҕэ Данил Афанасьев тылларыгар уонна
матыыбыгар «Киэн тутун», Василий Атласов тылларыгар, Николай Петров матыыбыгар «Айыы
күөлэ», «Үрүҥ түүн», «Ырыа хайа», Унаар Уйбаан тылларыгар, Карл Христофоров матыыбыгар
«Уруйдуу туойуоҕуҥ олоҕу» ырыалара аркыастыр доҕуһуолунан оҥоһулуннулар.







































